Федерал суолталаах М56 «Лена» магистрал суол — М58 «Амур» суолтан Дьокуускайга диэри.
Уһуна — 1235 км.
М58 уонна М56 «Халыма» суоллары кытары силбэһэр.
Суол сүрүннээн ирбэт тоҥ тарҕаммыт сиринэн барар. Асфальт Нүөрүҥгүрү, Алдан кураттар уонна Хачыкаат сэлиэнньэ тасстарыгар кыракый учаастактарыгар эрэ баар.
Саас (ыам ыйа — бэс ыйын саҥата) массыыналар уйуулара хааччахтаныллар.
2006 сылга суол туруга мөлтөөн Арассыыйа үрдүнэн биллибитэ.
Өлүөнэни туоруур күргэ тутуулла илик буолан суолунан сырыы кэминэн хааччахтаныллар. Сайын Хачыкаатка уонна Аллараа Бэстээххэ паромынан тураталлар, онтон кыһын (ахсынньы — муус устар) мууһунан туоруу суол аһыллар.
Тимир суол тутуутун бэрээдэгинэн Табаҕаҕа күргэ тутуута сотору саҕаланыахтаах.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article «Өлүөнэ» (магистрал суол), which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.