Нууччалар (нууч.
русские) диэн илин славян омуга, сүрүннээн Арассыыйаҕа уонна кини аттынааҕы дойдуларга олороллор. 2002 с. сурутуутунан нууччалар Арассыыйа олохтоохторуттан 80 % буолаллар. Европа ордук элбэх ахсааннаах омуга буолар. Атын дойдуларга, ол курдук Украинаҕа, Казахстаҥҥа, АХШга уонна Белоруссияҕа эмиэ улахан диаспоралаахтар. Аан дойду үрдүнэн 133 мөл. киһи нуучча буолар. Сүнньүнэн православияны итэҕэйллэр, ол гынан баран элбэх киһи ханнык даҕаны итэҕэли билиммэт. Тыллара - нуучча тыла.
Нууччалар (нууч. русские) |
---|
|
Бүтүн ахсааннара |
120 млн |
Олорор сирдэрэ |
Тыллара |
Нуучча тыла |
Итэҕэллэрэ |
Христианизм . |
Нууччалар бары ахсааннара билигин 133 мөл киһи буолар (сорох дьон — 127 мөл киһиттэн 150 мөл киһиэхэ дылы ааҕаллар), ол иһигэр Россияҕа — 111 мөл (2010 сыл) ол эбэтэр дойду олохтоохторуттан 77,8 % (2002сыллаахха — 116 мөл. ол эбэтэр дойду 79,8 % этэ).
Арассыыйа Федерациятын улахан аҥарын ылаллар уонна урукку ССРС республикаларыгар бөдөҥ группа буолаллар.
Суруйуу ыытыллыбыт сылларга Саха сиригэр нууччалар ахсааннара | ||||||
---|---|---|---|---|---|---|
1926 | 1939 | 1959 | 1970 | 1979 | 1989 | 2002 |
30 200 | 147 419 | 215 328 | 314 308 | 429 588 | 550 263 | 390 671 |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Нууччалар, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.