Туох буолбута
Холобоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрэ 2021 сылы манныкка анаабыта:
- Бигэтик сайдыы туһугар айымньылаах экэниэмикэ сыла;
- Оҕуруот аһын уонна фрукта сыла;
- Эйэ уонна итэҕэйсии сыла;
- Оҕо үлэлиирин суох гыныы сыла.
Түбэлтэлэр
Тохсунньу
- Тохсунньу 6 — Быыбар түмүгүн билиммэтэх АХШ бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп диэки буолааччылар АХШ Капитолийыгар саба түһүүлэрэ. Биэс киһи өлбүт, Конгресс чилиэттэрэ эвакуацияламмыттар
- Тохсунньу 27 — "Ойуун Сааска" ("Шаман") диэн дьон ааттыыр киһилэрин Александр Габышевы 50 Росгвардеец (ол иһигэр МВД миниистирин солбуйааччы) дьиэтиттэн тутан психдиспансерга иккистээн эмтэтэ илдьибиттэр. Тутуу кэмигэр былаас бэрэстэбиитэлин батаһынан бааһырдыбытын иһин холуобунай дьыала тэрийбиттэр.
Олунньу
- Олунньу 1 — Мьянмаҕа байыаннайдар Аун Сан Су Чжини былаастан туораппыттар уонна байыаннай салалтаны олохтообуттар.
- Олунньу 10 — Үгэс курдук сылын ахсын ыытыллар Рио-де-Жанейро карнаваала (Бразилия) COVID-19 хамсыгыттан сылтаан буолбат буолбут.
- Олунньу 18 — Perseverance марсоход Марска Джезеро кратерга этэҥҥэ түспүт.
Кулун тутар
Өлбүттэр
- Бэс ыйын 7 — Нелунов Анатолий Гаврильевич (1943 с.т.) — саха сомоҕо домоҕун чинчийбит учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан Бириэмийэ лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ.
- Атырдьах ыйын 30 — Карпов Вячеслав Павлович (1947 с.т.) — саха биллииллээх тустууга, успуорт үлэтин тэрийээччи, Дмитрий Коркин аатынан Государственнай бириэмиэйэ лауреата, Чурапчы улууһун ытык киһитэ.
Быһаарыылар
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article 2021 сыл, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.