Эрне́ст Резерфо́рд; 1-кы барон Резерфорд Нельсонскай (ааҥл. Ernest Rutherford; 1871, атырдьах ыйын 30, Спринг-Грув, Саҥа Зеландия — 1937, алтынньы 19 Кембридж) — Саҥа Зеландияттан төрүттээх Британия физик учуонайа.
Ядернай физика «аҕата». 1908 сыллааҕы Нобель бириэмийэтин химияҕа лауреата.
1911 сыллаахха альфа-частицалары ыһар уопутун көрдөрөн атомнарга положительнай иитиилээх ядро уонна отрицательнай иитиилээх электроннар баалларын дакаастаабыта. Опыттарыгар олоҕуран атом планетатыҥы мадьыалын айбыта.
Лондоннааҕы королевскай уопастыба чилиэнэ (1903) уонна бэрэсидьиэнэ (1925-1930), Франция наукатын академиятын чилиэнэ (1927; 1921 сылтан кэрэспэдьиэн), Арассыыйа наукатын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ (1922) уонна ытык чилиэнэ (1925).
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Эрнест Резерфорд, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.