Бикипиэдьийэ (ааҥл. Wikipedia) диэн көҥүл, элбэх тыллаах энциклопедия.
Бикипиэдьийэ үлэтин Wiki Foundation диэн түмэт-тэрилтэ хааччыйар, үбүн салайар. Билигин Бикипиэдьийэҕэ 285 тылынан 40 мөл. тахса ыстатыйа баар. Бу ыстатыйалары тус бэйэлэрин баҕаларынан бүтүн аан дойдуттан кыттааччылар киирэн суруйаллар уонна тупсараллар. Бикипиэдьийэни 2001 с. Дьимми Уэйлс уонна Ларри Сэҥер 2001 сыллаахха тохсунньуга саҕалаабыттара., Бикипиэдьийэ аан бастаан тохсунньу 10 күнүгэр үөскээбитэ, ол эрээри туспа домеҥҥа биэс хонон баран көһөрүллүбүтэ, онон үөскээбит күнүнэн тохсунньу 15 күнэ ааҕыллар.
Бикипиэдьийэ | |
---|---|
Screenshot of Wikipedia's multilingual portal. | |
URL | www.wikipedia.org |
Slogan | The free encyclopedia that anyone can edit. |
Alexa rank | #7 |
Эргинэр? | No |
Сайт көрүҥэ | Онлайн энциклопедия |
Регистрация | Optional |
Тыллар | 236 active editions (253 in total) |
Бас билээччи | Wiki Foundation |
Айааччы | Дьимми Уэйлс, Ларри Сэнгер |
Launched | Тохсунньу 15 2001 |
Билиҥҥи туруга | perpetual work-in-progress |
Бикипиэдьийэ билигин саамай улахан уонна ордук элбэхтик көрүллэр ыйынньык (справочник) буолар.
Улаханынан уонна нэдэр хабар тиэмэтэ киэҥинэн Бикипиэдьийэ киһи аймах устуоруйатын тухары айыллыбыт энциклопедиялартан саамай толорулара.
Бикипиэдьийэ бастаан Нупедия диэн онлайн-энциклопедия быһыытынан үөскээбитэ, кини атын энциклопедиялартан улахан уратыта суоҕа. Кэлин бырайыак вики-технологияҕа (биики ньыматыкка) көспүтэ, уонна Бикипиэдьийэ (Wikipedia) диэн ааттаммыта. Биики ньыматык уратыта дьоҥҥо бэйэлэригэр саайты уларытар, эбэр-сабар, тупсарар кыах биэрии. Биики ньыматыгы туһанар ситим-сиргэ бэйэтин иһигэр уларытар кыах "угулла" сылдьар. Бикипиэдьийэ диэн аат икки тылтан турар. «Пиэдьийэ» (pedia) диэнэ энциклопедия диэн тыл сорҕото сылдьар. Оттон «биики» (wiki) диэнэ биики ньыматыгы туһанарын көрдөрөр.
«Биики» диэн тылы көмпүүтэргэ сыһыаннаах тиэрмин быһыытынан аан бастаан Уорд Каннингем диэн киһи 1995 сыллаахха туттубута, кини WikiWikiWeb диэн ааттаах бастакы биики-тиһиги оҥорбута, онтун «Портленд холобурдары харайар ыскылаата» диэн ситим-сиргэ 1995 сыл кулун тутар 25 күнүгэр аан бастаан туһаммыта. Оннук ааттыырыгар Каннингем Гонолулу аэропордун үлэһитин өйдөөн кэлбит, ол киһи киниэхэ аэропорт биир дьиэтиттэн атын дьиэтигэр барарга «биики-биики-шаттлынан» туһанарыгар сүбэлээбит, «биики» диэн гаваай омук тылыгар «түргэн» диэн суолталаах (wiki-wiki — түргэн түргэнник). Каннингем буоллаҕына саайты төһө кыалларынан түргэнник уларытар, ыстатыйалары түргэнник айарга туһуламмыт хамсатыгы (движогу) оҥорорго санана сылдьыбыт эбит.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бикипиэдьийэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.