Бикипиэдьийэ ыстатыйалара киэҥ эйгэҕэ (бэчээккэ) тахсыбыт ыйааһыннаах төрүккэ олоҕуруохтаахтар.
Бу сирэйгэ ыстатыйа тирэҕирэр айымньыларын итэҕэтиилээхтэрин сыаналааһын туһунан суруллар, сыала-соруга - бу икки сиэри кэһии алҕастарын суох оҥоруу: Бикипиэдьийэ:Туһунан көрүүлээх-истиилээх чинчийии көҥүллэммэт уонна Бикипиэдьийэ:Тургутуу.
Бикипиэдьийэҕэ ханнык эрэ туһалаах билиини киллэриэххин баҕарар буоллаххына онтуҥ олоҕо суох буоллаҕына сотуллуон сөбүн өйдүөхтээххин. Сигэни ыстатыйаҕа матырыйаал эбэр киһи угуохтаах. Төрүтү, сатанар буоллаҕына, куруук угар куолу.
Ыстатыйаҕа ыйааһыннаах олоҕуруута суох санаа угуллубут буоллаҕына хайыыбыный диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Көрдүҥ да ол санааны сото сатаама. Соттоххуна тупсарарга кыах биэрбэтиҥ диэн буруйданыаххын сөп. Ол иһин бастаан {{сигэтэ суох}} диэн халыыбы туруор. Кэтэс. Ким эрэ, ааптар дуу, атын киһи, баҕар Эн да буолуо, итэҕэтиилээх төрүттэри булан ылан хайаан да тупсарыа. Суруллубут санаа көстөн турар алҕастаах, туора-тосту сыыһалаах эрэ буоллаҕына сот.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бикипиэдьийэ:Ыйааһыннаах олоҕуруу, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.