Тохсунньу — сыл бастакы ыйа, кыһын оройо, тымныы өрегөйө.
Ый саҕаланыытыгар, үгэс курдук, күнү уһатардыы былытырар үгэстээх. Тохсунньуга тоҥсоҕой маһы тору-латар, тураҕас сылгы күн уотугар туорайдыыр диэччилэр.
Күнү-дьылы билгэлээччилэр тохсунньу ыйы от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тох-сунньуга тымныйдаҕына, от ыйыгар кураан буолар. Оттон хаардаах, былыттаах буол-лаҕына, ардахтаах ыйы күүтэллэр.
Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһыытын кэтээн көрөөччүлэр. Үчүгэй дьыл буоларыгар алтынньы 14, сэтинньи 12, ах-сынньы 11, тохсунньу 9, олунньу 7, кулун тутар 4, ыам ыйын 1 күннэригэр алтыһар. Оттон кураан дьыл кэлэригэр хойутаан алтыһар.
Ороһуоспаҕа (Сибээккэҕэ), былыргы итэҕэл этэринэн, сүллүүкүттэр оһох оттооччу-лара тахсаллар. Бу кэмтэн Кириһиэнньэҕэ диэри тымныйар. Сүллүүкүттэр оҕолоохторо эргэ Саҥа дьылга (Баһылайапка) тахсаллар.
Сүллүүкүн таҕыстаҕына бит-билгэ дэлэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, биттэммит бит олоххо киирэр диэн этэллэр.
Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сьглаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүнү күүтэллэр.
Тохсунньу ый бастакы күнүгэр чолбон сулустардыын атахтастаҕына, тыаллаах күн буолар. Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр.
Ый бүтүүтэ сис былыт кэллэҕинэ, хаар түстэҕинэ, тымныы уҕарыыр. Ой дуораана түстэҕинэ, тымныы сатыылыыр, оттон ой дуораана сүттэҕинэ — на-мырыыр. Мастар халыҥ хаары сүгэһэрдэннэхтэринэ, халаан уута кэлэр. Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр.
Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы |
күн тахсар ыйа (Туруханскай кыраай), ороһуспа ыйа (Булуҥ), хараҥа ый (Булуҥ, Верхоянскай), туман түһэр ыйа, тымныы баһа тостор ыйа
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Тохсунньу, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.