Туохтуур (нууч.
глагол) диэн дьайыыны эбэтэр туругу бэлиэтиир өстөрү холбуур саҥа ирээтэ уонна "тугу гынар?" диэн ыйытыыга хоруйдуур. Этиигэ кэпсиирэ эбэтэр туhаан буолар.
Барамай араас көстүүтүн, тыаһын, саҥатын, дүьүһүнүн-бодотун, быһыытын-таһаатын, дьайыытын хайааһын, хамсааһын, турук гынан бэлиэтиир тыллары туохтуур дэнэр. Туохтуур тугу гынар? Хайыыр? Хайдах буолар? Диэн ыйытыыга хоруйдуур. Хайааһын, хамсаһын кырамаатыкалыы суолтата олус киэҥ ис хоһоонноох. Тулалыыр эйгэҕэ тахсар араас дьайыыны, уларыйыыны-тэлэрийиини барытын көрдөрөр кыахтаах. Бу суолта уларыйар, сайдар көстүү (процесс) курдук өйдөнөр. Онон туохтуур саҥа чааһын быһыытынан ан дойду, олох сайдыытын (диалектиктын) көрдөрөр сүдү аналлаах.
биир күрүс уһуннук иһиллэр тыас туохтуура, дьүһүннүүр туохтуур, Тыаһы үтүктэр туохтуур, уһуннук иһиллэр тыас туохтуура, хатыланар тыас туохтуура,
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Туохтуур, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.