Сэбиэскэй Социалистыы Республикалар Сойуустара (Сэбиэт Социалист Республикалар Холбоһуктара), ССРС (нууч.
Союз Советских Социалистических Республик, СССР). Кылгас аата Сэбиэскэй Сойуус (Советский Союз). Эуразияҕа 1922-1991 сылларга баар буола сылдьыбыт социализм илэ. Сэбиэт (Совет — Сүбэ) диэн ССРС политика тэриллиитин олохтуур органа.
ССРС Арассыыйа Импиэрийэтэ 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ буолуутуттан эстиитин уонна Арассыыйа олохтоох сэриитин кэннилэриттэн үөскээбитэ.
ССРС 1956 с. ыла 15 сэбиэскэй республикалар холбоhуктара буолара: Эрмээн ССР, Азербайдьан ССР, Беларус ССР, Эстония ССР, Грузия ССР, Казах ССР, Кыргыз ССР, Латвия ССР, Литва ССР, Молдова ССР, Арассыыйа ССР, Тадьик ССР, Украина ССР уонна Узбек ССР.
Дойду дьаhалтата уонна тутаах политика тэрилтэтэ Сэбиэскэй Сойуус Коммунист Партията этэ.
1945-1991 сс. (Тымныы сэрии периода) Сэбиэскэй Сойуус уонна АХШ аан дойду икки бастыҥ күүстэрэ этилэр. Арассыыйа Федерацията ССРС утумнааччы дойдута буолар.
ССРС 1991 с. эстиитин кэнниттэн урут киниэхэ киирсэр республикалар сорохторо Көҥүл иллэр сомоҕолоhууларын тэрийбиттэрэ.
Бу туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сэбиэскэй Социалистыы Республикалар Сойуустара, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.